- 25.11.2024
- 114
- нет
Сметанин Тимофей Егорович (25.11.1919—04.08.1947) — саха суруйааччыта, прозаик, поэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Сметанин Тимофей Егорович (25.11.1919—04.08.1947) — саха суруйааччыта, прозаик, поэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Олоҕун олуктара
1919 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Орто Бүлүү улууһун кырыы нэһилиэгэр Чачыга (кэлин Кэбээйи нэһилиэгэ, Кэбээйи улууһа) дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт.
Оскуолаҕа хойутаан, төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох, 11 сааһыгар 1930 сыллаахха, үөрэх дьыла бүтэрэ чугаһаабытын кэннэ киирбит. 1933 сыллаахха ситиһиилээхтик төрдүһү бүтэрбит. Онтон 13 сааһыгар Калинин аатынан колхуос көмөлөһөөччү суоччутунан анаммыт. Онтон Намҥа киирэн суоччут куурсун бүтэрэн 1934 сыл олунньутуттан колхуоһугар суоччут буолбут.
1936—37 үөрэх сылларыгар Кэбээйи оскуолатыгар кэлин биллиилээх поэт буолбут Пантелеймон Тулааһынап директорынан үлэлии сылдьан литературнай куруһуок ыыппыт. Ол куруһуокка Тимофей актыыбынай чилиэнинэн буолбут, илиинэн таһаарар сурунаалларыгар худуоһунньуктаабыт.
1942 сыл атырдьах ыйыгар Кэбээйи оройуонун военкоматынан Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 284-с минометнай полкаҕа сулууспалаабыт, старшай телефонист. «Хорсунун иһин» (18.01.1944)[1], «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» (22.06.1943)[2] мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Фронтан, ыалдьан, 1944 сыллаахха төннүбүт.
Тимофей Сметанин олус кылгастык да олорон аастар, олус элбэх кэрэ айымньылары норуотугар бэлэхтээбитэ. Суруйааччы оҕолорго анаабыт айымньылара: «Күѳрэгэй», «Куоска олоңхото», «Кыhыл былааттаах кыыс» пьеса, «Уол уонна эhэ» сценка.
Кини о5олорго суруйбут Мэхээлэчээн булчут бэл этэрбэhэ чаархаан буолар, тѳбѳтүгэр кус сымыыттыыр, кутаттан бѳрө таhаарар, онноо5ор кини эhэни миинэн турардаах.
Тимофей Сметанин суруйар тылы кѳрдѳѳх, уран, онон оҕону түргэнник тардар.
Саха литературатыгар ѳлбѳт – сүппэт айымньылары биэрбит Тимофей Егорович айар үлэтин үгэнигэр, 28 эрэ саастааҕар күн сириттэн арахсыбыта. Биир дойдулаахтара кини чаҕылхай талаанын «Халлааны суруйар сулус уотун кэриэтэ, күүскэ күлүм гыммыта» дииллэрэ оруннаах.
Айымньылара:
Лоокуут уонна Ньургуһун. Драма. 1945 сыллааҕы саха бастыҥ драмата буолбут.
Егор Чээрин. Сэһэн.
Күөрэгэй: Остуоруйа. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1945. — 20 с.; 1984. — 24 c.
Саллаат сүрэҕэ: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1945. — 59 с.
Куоска олоҥхото: Кыра оҕолорго остуоруйа. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1946. — 18 с.; 1961. — 20 с.; 1976. — 16 с.
Егор Чээрин: Орто уонна улахан саастаах оҕолорго. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1947. — 60 с.; 1963. — 75 c., 1985. — 56 с.
Көрүдьүөс күн: Кыра саастах оҕолорго. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1947. — 24 с.
Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ: Кыра уонна орто саастаах оҕолорго / Т. Е. Сметанин, Я. В. Стручков. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1961. — 44 с; 1986 – 56 с.
Сүрэхтэн кэпсэтии: Хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр,сэһэн, драма/ Хомуйан оҥордо уонна аан тылын суруйда П. Аввакумов. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1989. — 191 с.
Кини туһунан
Тимофей Сметанин (Олоҕо уонна айымньыта). Н. З. Копырин. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1976 — 128 с.
Экранизациялара
«Рядовой Чэрин» (2021) — Дмитрий Кольцов уһулбут киинэтэ[3]
«Саллаат сүрэҕэ» (2021) — Руслан Тараховскай уһулбут киинэтэ[4]
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко