- 01.11.2024
- 214
- нет
Сэтинньи – Байанай ыйа
Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ. Билигин да ол кэтээн көрүү суолтатын сүтэрбэт.
Суолтата
Сэтинньи аһа элбэҕинэн уратыланар. Кыһын кэлиитэ идэһэлэнэллэр, муҥхалыыллар, тайахтыыллар, мас көтөрдүүллэр. Бу ас-үөл элбэх кэмигэр элбэхтик уруулар буолаллар, малааһыннар тэриллэллэр. Онон саха олоҕор бу улахан суолталаах ый – ас-үөл элбиир, кыһыҥҥы хаһаас халыҥыыр. Кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэллэр.
Бу ыйга ыалларга, аймахтарга сылдьан ыалдьыттаһан баран, кэһиилэнии үгэһэ тарҕаммыт. Булчуттар көрсүһэн, көмүлүөк тула сэһэргэһэллэр. Дьахталлар мустан иистэнэллэр, кыргыттары иискэ үөрэтэллэр. Сэтинньи үксэ добдурҕа кэмигэр сөп түбэһэр. Добдурҕа диэн уу, бадараан тоҥор, хаар чараас кэмэ. Онон мэһэй суох буолан, киһи ханна баҕарар тиийэр.
Туомнара
Байанайы олордуу. Байанай олоруоҕуттан Айыы дьиэтэ булчуттарга, булугас-талыгас, сатабыллаах дьоҥҥо алгыс этэр кыахтанар. Туом сэтинньи 2-3 күнүгэр оҥоһуллар.
Уруу тардыыта. Үөскүөхтээх ыаллар тускулларын оҥорор алгыс уруу тардыыта дэнэр. Туом сэтинньи 7 күнүгэр оҥоһуллар.
Сайдамҥа килээрии. 12 сааһын туолбат оҕолорго аналлаах туом. Туом сэтинньи 12 күнүгэр оҥоһуллар.
Суорумньу домо. Суорумньунан дьарыктанар дьоҥҥо алгыс. Бу күн кэргэнэ суох отут саастаах дьоҥҥо эмиэ алгыс оҥоһуллуон сөп. Туом ый 17 күнүгэр ыытыллар.
Күөсчүт алгыһа. Аска алгыһы биэрэр туом ый 20 күнүгэр оҥоһуллар.
Ааттара
1,2 – Байанай, Уйгуун
3,4 – Барылан, Айталыына
5,6 – Байдам, Барахсаана
7,8 – Дэлэгэй, Далбаара
9,10 – Саргын, Хаачылаана
11,12 – Сулустаан, Харыстаана
13,14 – Талбан, Тускулаана
15,16 – Уххан, Сахаайа
17,18 – Добун, Нарыйа
19,20 – Дабыл, Байаана
21,22 – Айтал, Мичийэ
23,24 – Байан, Айыына
25,26 – Дархан, Ньургустаана
27,28 – Кэрэмэн, Санаайа
29,30 – Айаал, Күбэйэ
Байанай ыйа быйаҥы тосхойдун!
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко