678391, РС (Я), Намский улус, с. Ымыяхтах, ул. Центральная, 56, Ымыяхтах,

Намская МЦБС РС (Якутия)

Едейская сельская библиотека - филиал №1

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

   Сэтинньи 11 күнэ Былатыан Ойуунускай төрөөбүт күнэ

 

      П.А.Слепцов-Ойуунускай – саха биллиилээх общественнай деятелэ, бэлиитик, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, бэйээт, тылбаасчыт, драматург, учуонай-лингвист.

Платон Алексеевич бэйэтэ- тыл үѳрэхтээҕэ. Кини сахаттан бастакы лингвистическай (билиҥҥинэн филологическай) наука кандидата буолбута. Саха тылын урут үѳрэппит ученайдартан уратыта диэн буолар- саҥа олох үѳhүгэр сылдьан Улуу Октябрьскай революция кыайбытын кэннэ сахалыы тылынан суругу олохтуурга элбэх үлэни ыыыппыта. Урукку ѳттүгэр суруга суох норуот бэйэтин тылынан суруктаныыта суолтата улахан, сүүнэ событие буолбута. Ойуунускай тылга сыһыаҥҥа элбэх научнай ыстатыйалар ааптардара буолар. Ол курдук киирии тыллары суруйууга, терминнэргэ бэрт утумнаахтык дьаныhан туран дьарыктаммыта.

Норуот дьолун-соргутун туһугар охсуһар ити эркээйилээх суолуттан олоҕун усталаах туоратыгар кини тутум да туораабатаҕа, харыс да халбаннаабатаҕа.

Ойуунускай айымньыларын саха ааҕааччыта таптаан ааҕар. Кини ырыата ыһыахтарга ылланар, олоҥхото араас омук тылынан тылбаастанар. Кини төрүттээбит литературата чэлгийэ сайдар, кини баҕарбыт баҕата туолар- норуоттар доҕордоһуулара туругурар.