- 20.03.2024
- 129
- нет
Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнүттэн — Олоҥхо күнүттэн саҕалаан, ахсынньы 5 күнүгэр диэри 12 төгүлүн Олоҥхо Декадата ыытыллар. Ол чэрчитинэнКычкин Гаврил Семенович — Хабыанньа туһунан иһитиннэрии.
Таптыыр идэм үрдүктүк сыаналанна
Киһи бэйэтэ сөбүлүүр идэтинэн дьарыктанарыттан ордук киһи сүрэҕин — быарын үөрдэр туох баар буолуой? Оттон ол туһа диэн кимтэн даҕаны үп — харчы, төлөбүр — манньа эрэйбэккин. Айар идэ оннук умсулҕаннаах буолааччы.
Гаврил Семенович Кычкин, Нам оройуонун колхозтааҕа.
(«Кыым», кулун тутар 18 к. 1948 с.)
Биография
Гаврил Семенович Кычкин — Ырыаһыт Хабыанньа 1888 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ эрдэ өлөн таайыгар иитиллибитэ. Оҕо сааһыгар тулаайахсыйыы кытаанах дьылҕатын билбитэ, үлэлээн айаҕын иитиммитэ. Төһө да ыарахан олоххо олордор кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһара, ол иһин биллиилээх олоҥхоһут эдьиийин угуйуутунан олоҥхолуурга, тойуктуурга үөрэммитэ. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар маҥнайгы “Кыһыл маяк” колхозка киирбит. Колхоз араас үлэлэригэр сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри үлэлээтэллэр даҕаны, колхоз эдэр уолаттара уонна кыргыттара мустан ыллыыллара-туойаллара. Хабыанньа Хабырыыс бу оҕолору көҕүлээн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” диэн олоҥхону туруорбуттаах. Бу олоҥхолорунан бэйэлэрин оройуоннарын нэһилиэктэринэн, ону тэҥэ ыаллыы Уус Алдан оройуонун нэһилиэктэрин кэрийэн дьон-сэргэ улахан махталларын ылбыттар. Олоҥхотун куоракка театрга көрдөрө киллэрээри сырыттаҕына, “дьону аралдьытаҕын” диэн буолуо, правлениетын салайааччыта уоран ылан уматан кэбиспит, онон ол үлэтэ таах хаалбыт.
1937 сыллаахха Платон Алексеевич ойуунскай Саха АССР тэриллибитэ 15 сыла туолуутугар Намҥа бэс ыйыгар оройуон ыһыаҕар тахса сылдьыбыта. Ыһыахха тохтобул кэнниттэн оройуон олоҥхоһуттара «Эрэйдээх буруйдаах Эр соҕотох» диэн олоҥхону көрдөрбүттэрэ. Олоҥхону тылын Александр петров — Чааскылатар диэн I Модут олоҥхоһута кэпсээбитэ. Эр Соҕотоҕу Гаврил Кычкин — Хабыанньа, абааһы уолун Көбөкөнтөн Прокорий Ядрихинскай — Бэдьээлэ, дьахтар ырыатын Хатырыктан Василий Попов — Бочоох, атын бухатыырдары Егор Охлопков, Солрвьев уо.д.а. олоҥхоһуттар таҥастанан — саптанан, куйахтанан — батастанан оонньоон көрдөрбүттэрэ.
Кэлин Аҕа Дойду сэриитэ саҕаланар. Хабырыыһы броня биэрэннэр Дьокуускай куоракка трудовой фроҥҥа аэродром тутуугар үлэлэппиттэр. Онтон 1943 с. саха театрыгар үлэҕэ ылбыттар. Ити бириэмэҕэ кэргэнэ Кычкина Екатерина Кирилловна бастакы кыыс оҕотун кытта Нам оройуонугар Үөдэй нэһилиэгэр киирэн олохсуйбуттар. Гаврил Семенович “Буденнай” колхозка араас үлэлэргэ туох баар күүһүн-уоҕун түмэн үлэлээбитинэн барбыта. Бу сырыттаҕына, 1948 сыллаахха талааннаах ырыаһыты биир дойдулааҕын үҥкүүһүт Петр Поротовы кытта Москваҕа уус-уран самодеятельность күннэригэр сахалартан аан бастакы делегация састаабыгар киллэрбиттэрэ. Делегацияны Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон салайбыта. Москваҕа Улахан театр сценатыгар Гаврил Семенович “Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыыны, “Мачайар Баһылай”, “Сиппиир ырыата” о.д.а тойуктары, ыллаабыт-туойбут. Ити барыыларыгар улаханнык биһирэнэн грамотанан, дипломунан, сыаналаах бэлэҕинэн наҕараадаламмыта. Элбэх ырыаны-тойугу суруйан хаалларбыта. Ол курдук, “Мачайар Баһылай”, “Сиппиир ырыата”, “Чабычах ырыата”, “Ыарҕа ырыата”, “Кэтэриинэ ойоҕум” о.д.а. норуот биһирээн истэр ырыаларын айан хаалларбыта.
Айымньылара бэчээттэммит кинигэлэрэ
В сборник включены народные песни о скотоводстве, охоте, ысыахе, о любви, о социальном протесте и др. с переводом на русский язык, с комментариями.
«Сиппиир ырыата» — 64 сирэйгэ көр.
Книга представляет собою научную публикацию (тексты на якутском языке с переводом на русский язык) одного из оригинальных жанров якутского фольклора — тойуков-народных поэм.В книгу вошли 7 образцов народных поэм-тойуков о похождениях «доброго молодца» — нового фольклорного типа, порожденного социальными отношениями Якутии второй половины XIX века, и поэмы о женской доле.
«Мачайар Баһылай» — 31 сирэйгэ көр
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко