- 03.10.2024
- 108
- нет
“Аҕам саастаах дьоҥҥо кинигэтэ бэлэхтээ” аахсыйаҕа кыттыһаргытыгар ынырабыт.
Убаастабыллаах Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!
☀️Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт декадаҕа “Аҕам саастаах дьоҥҥо кинигэтэ бэлэхтээ” аахсыйаҕа кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.
🔰Кинигэ – норуот баайа, сыаннаһа, кэпсэтэр, сэлэһэр доҕоро диэн санаанан Ытык-мааны аҕа саастаах дьоммутугар күүс-көмө, өйөбүл буолан кинигэтэ бэлэх уунуоҕун.
Тэрилтэлэр, түөлбэлэр, биир дойдулаахтарбыт аахсыйаҕа кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбит. Аахсыйа алтынньы 11 күнүгэр дылы ыытыллар.
Кинигэлэри олохтоох библиотекаҕа хомуйан туттараргытыгар көрдөһөбүт. Барыгытын үтүө аахсыйаҕа кыттыһын диэн ыҥырабыт.
Тэрийэр хамыыһыйа.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко