- 30.11.2024
- 102
- нет
Бүгүн, сэтинньи 30 күнэ — Хомус күнэ. Саха Сиригэр биллэриллибит Хомус күнүн Бүтүн аан дойдуга бэлиэтииллэр.
Иэйэр-куойар хомус дьүрүскэнэ,
Ыраахха диэри дьиэрэйэ көт!
Саха омук киэн туттуута буолан
Олох устун эн дьүрүьүй!
( И.Голокова-Күүкэй)
Саха музыкальнай инструмена — хомус, киэҥ эйгэҕэ тахсан, Саха сирин ааттатта, үгүс дьон биһирэбилин ылла. Сүдү күүстээх, кыра кээмэйдээх хомуспут, ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕооннооҕунан аҥардас сахалар эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду дьонун интэриэһин тарта, сүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, атын омук дьонун умсугута угуйда.
Хомус Саха сиригэр сайдан кэлбит устуоруйата
Саха хомуһун туһунан бастакы бэлиэтээһиннэр 19 үйэ аҥаарыгар нуучча айанньыттарын, чинчийээччилэрин үлэлэригэр бааллар. Академик Миддендорф, В. Серошевскай, В. Трощанскай, Э.К. Пекарскай уонна да атыттар бэйэлэрин этнографическай үлэлэригэр ахтыбыттара. Ол курдук, Иван Алексеевич Худяков «Краткое описание Верхоянского округа» кылгас хомуурунньугар сахаларга мас уонна муос хомус баарын, хомуска элбэх буолан оонньооһун туһунан суруйбута. Кини суруйарынан 1807 сыллаахха Дьокуускай уокуругар «Дулҕалаах» нэһилиэгэр эдэр 23 саастаах Дьэрэлийэр диэн ааттаах удаҕан дьахтар кыһыл бэйбэриэт сонун куругар 7-8 мас хаалаах хомустары иилинэ сылдьан ыалга киирдэҕинэ арыалдьыт дьахталларыгар туҥэтэн бэйэтин батыһыннаран хомуска оонньуура үһү.
Хомус дьүрүһүтэр дьүрүскэнэ куйаары кытта ситимнээх буолан, былыр ойуун доҕуһуола эбит. Билигин да хомус эмтиир, ыраастыыр, арчылыыр күүһүгэр итэҕэйэбит, ол иһин сиэргэ-туомҥа туттабыт.
1990 сыл сэтинньи 30 күнүгэр Филологическай наука доктора, профессор, Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Алексеев – Хомус Уйбаан Америкаҕа сылдьан, ол дойду хомусчуттарын, хомуһу чинчийээччилэрин кытта көрсүһэн баран, туруорсан, сүүрэн — көтөн, кэпсэтэн, Саха сиригэр Хомус аан дойдутааҕы түмэлин Дьокуускайга тэрийбитэ. Бастакы экспонаттары Хомус Уйбаан бэйэтин коллекциятыттан биэрбитэ. Дириэктэринэн бөлүһүөк учуонай К.Д. Уткин анаммыта. Түмэл базатыгар олоҕуран, 1991 сыллаахха II-с Норуоттар икки ардыларынааҕы хомус конгреһа Дьокуускайга ыытыллыбыта. Маны сэргэ тэриллибит айар түһүлгэҕэ (Фестивальга) Аан дойду 9 чулуу хомусчуттарын аата быһаарыллыбыта. Олортон 3 саха дьоно: Спиридон Спиридович Шишигин, Федора Семеновна Гоголева уонна Петр Петрович Оготоев. Итини таһынан, хомус уустарын ортолоругар бастыҥнарынан Бүлүүттэн Реворий Чемчоев, Петр Осипов уонна Уус-Алдантан Роман Готовцев ааттаммыттара. Хомус оҥоруутугар уонна хомуска оонньооһуҥҥа биһиги, сахалар, былыр-былыргыттан үгэс буолбут култуурабытын сайыннаран, үрдүк таһымҥа илдьэ сылдьарбытын көрдөрбүттэрэ.
“Хомус аан дойду култууратын эйгэтигэр” 2011 сыллаахха, бэс ыйын 24 күнүгэр 7-с аан дойдутааҕы конгресс-фестиваль Дьокуускайга ыытыллыбыта. Онно саамай умунуллубат түгэнинэн 1344 хомусчут тэҥҥэ оонньоон, Гиннес рекордун олохтообуттара буолар. Конгресс отуттан тахса дойду хомусчутун, хомус муусукатын сэргээччилэри түмпүтэ. “Книга рекордов Гиннеса” киирбиттэрэ. Гиннес рекордун кинигэтин судьуйата Клэр Бергесс бу рекорду бигэргэппитэ. Бу тэрээһиҥҥэ 21 араас дойдуттан хомусчуттар кыттыбыттара. Бу тэрээһин кэмигэр СР президена Е.А. Борисов бэс ыйын 27 күнүнээҕи ыйааҕынан, сэтинньи 30 күнүн — Түмэл төрүттэммит күнүн- Хомус күнүнэн биллэрбитэ. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэ дьоно сэргэтэ сылын ахсын Хомус күнүн бэлиэтиир. Хомус күнүн анаан туспа бэлиэтээһин, биһиэхэ, Сахабыт сиригэр бэйэбит норуот быһыытынан төрүт үгэстэрбитин, култуурабытын илдьэ сылдьарбытыгар көмөлөөх буоллун диэн тэриллибитэ.
2011 сылларга Реворий Чемчоев-Чөмчөө Уус оҥорбуг хомуһа космоска тахса сылдьыбыта, сири эргийбитэ, куйаарга тыаһаабыта.
Саха хомуһа тыллаах чыычаах ырыаһыта буолан бар дьонугар, норуокка сөбүлэттэ. Биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан сырдыыр, сылаанньыйар кэмнэригэр, сүөм түһэр нүһэр күннэригэр хомус дорҕоонунан санааларын саататаллара. Саха сирин мындыр, талааннаах тарбахтаах уустарын этигэн хомустара аан дойдуга киэҥник биллэн тарҕанан биһиги киэн туттуубут буолла.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко